Филиал муниципального бюджетного учреждения
Центр народного творчества «Чороон»
муниципального образования «Хатын-Арынский наслег»
Намского улуса Республики Саха(Якутия)

    Меню

    Хатын-Арыы нэьилиэк «Урун Тунах Ыьыа5а».

    Сылын аайы Хатын-Арыы нэьилиэкпит Урун Тунах Ыьыа5а бэс ыйын ортотугар буолааччы. Быйыл Елуенэ эбэбит халаанын уута сункэн элбэх кэлэн, бэс ыйын 26 кунугэр ханна да суох саамай кыраьыабай айыл5алаах «Хатын чаран» паркатыгар Кыьыл Дэриэбинэ5э буолан ааста.
    Хатын-Арыы нэьилиэгэ бэйэтэ туьунан киэн историялаах, Илья Егорович Винокуров государственнай политическай деятель, Винокуров Захар Порфирьевич сахалартан биир бастакы композитор, поэт, тылбаасчыт И.Д.Винокуров-Ча5ыл5ан, Сивцев Эллэй Семенович саха норуодунай худуоһунньуга. Совхоз, колхоз теьуу улэьиттэрэ элбэхтэр — Улэ социалистическай кыайыылаахтара, И.Е.Винокуров аатынан бириэмийэ лауреаттара. Араас элбэх утуелээх улэьиттэр быраастар, учууталлар, од.а. атын идэлээх уунэн тахсыбыт сирдэрэ буолар. Болдьообут курдук ыьыах кун былыттаах, эмиэ да куннээх серуун кун турда.
    Буоларын курдук Ыьыах аьыллыытын сиэрин-туомун, алгысчыт Буетур Охлопков ыытта. Ыьыах уеруулээх чааьа, Урун Тунах Ыьыах э5эрдэ кэнсиэрэ, туьулгэлээн олоруу. Ону таьынан туьулгэннэн араас курэхтэр ыытыллыннылар. Сыл аайы ус культура дьиэтин улэьиттэрэ, специалистара, олохтоох дьаьалта бу улахан бырааьынньыгы тэрийэн ыыталлар.
    Ол курдук «Эстрада туьулгэтигэр» «Чороон» норуот айымньытын сынньалан киин улэьиттэрэ «Сахалыы таннан киэркэйиэх» саха танаьын керуу курэ5ин тэрийэн ыыттылар. «Самородок» культура дьиэтин улэьиттэрэ «О5о площадкатыгар», «Фольклор туьулгэтигэр» «Сайдыы» культура дьиэтин улэьиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Нэьилиэкпит ыьыа5а олус кехтеехтук, ере кете5уллуулээхтик буолан ааста.
    «Самородок» культура дьиэтин улэьиттэрэ Урун Тунах ыьыах о5о туьулгэтин улэтин сырдатыахпытын ба5арабыт. Быйыл Дойду урдунэн Дьиэ-кэргэн, Саха Республикатыгар О5о саас, Нам улууhугар О5о спордун, Хатын-Арыы нэьилиэгэр Доруобуйа, спорт уонна биир дойдулаахпыт поэт, тылбаасчыт И.Д.Винокуров-Ча5ыл5ан тереебутэ 110 сылларыгар анаммыт Хатын-Арыы нэьилиэгин Уруң Тунах ыhыах торума.
    Кырачаан о5олорбут «Дьоллоох о5о саас» э5эрдэ кэнсиэригэр Граф Биэрэгиттэн «Жаворонок» о5о ансаамбыла кыттыыны ылбыттара. Анна Мальцева тылларыгар, матыыбыгар «Мой Графский Берег родной», «Детство я и ты» ырыалары ыллаабыттара. Кыьыл Дэриэбинэ о5о лаа5ырын уьуйааччылара чабыр5ах аа5ан сехтербуттэрэ, салайааччы Айталина Винокурова. Хатын-Арыы орто оскуола иьинэн тэриллибит «Мичийэ» о5о ансаамбыла тереппуттэрин, керееччулэри ырыаларынан олус уердубуттэрэ. Салайааччы Горьяна Стрекаловская.
    -О5О ТУhУЛГЭТИН КУРЭХТЭРЭ:

    1. «Чэйин, эрэ о5олор» — ырыа курэ5эр Яковлева Зарина Бетун орто оскуолатын уерэнээччитэ Киджа репертуарын ыллаан 1 миэстэни ылла.
    2. Толбоннурар уьун суьуохха 8 кыыс кыттыбытыттан Винокурова Дайаана 1 м. ылла.
    3. «Саха танаьа-2024» курэххэ 20 о5о кыттыбытыттан Айлина Васильева 1 м., Рианна Лазарева 2 м., Кира Слепцова 3 м. ыллылар.
    4. «Ебугэбит угэьинэн» фольклорга: тойукка, оhуохайга, чабыр5ахха, олонхо5о, хомуска уонна норуот ырыаларын курэхтэригэр Зарина Яковлева кылаьахтаах тойугунан туойан добун сурук 1 урдэл кыайыылаа5ын ситистэ, кыра саастаах о5олорго 6 саастаах Айлина Васильева олонхолоон добун сурук 2 урдэл кыайыылаа5а, 7 саастаах Эмма Петухова чабыр5ахтаан Добун сурук 3 урдэл кыайыылаа5а, 6 саастаах Алексия Софронова добун сурук 2 урдэл кыайыылаа5а, 7 саастаах Тимофеев Максим чабыр5ахтаан добун сурук 3 урдэл кыайыылаа5а буоллулар.
    5. Номоххо кубулуйбут Ɵбугэбит сахалыы спорт оонньууларыгар: куобахха, Ус тƟгул ус, сууруугэ кэлэн кыттыннылар.
      1) Куобахха 9 саастаах Сивцев Слава добун сурук 1 урдэл кыайыылаа5а буолла, 2 урдэл кыайыылаа5а 7 саастаах Петухов Ариан, Румянцев Сема 3 урдэл кыайыылары ситистилэр. Уолаттарга сэмэй бэлэхтэри, туестэригэр мэтээллэри ииллибит.
      2) Ус тегул ус курэххэ Добун сурук 1 урдэл кыайыылаа5а буолла Охлопков Георгий, 2 урдэли ылла Сивцев Слава, 3 урдэли ылары ситистэ Игнатьев Айхал. Уолаттарга сэмэй бэлэхтэри туттардыбыт, умнуллубат мэтээллэри биэрдибит.
      3) Сууруу кыргыттарга уонна уолаттарга тэрийэн ыыттыбыт. Ол курдук 1 урдэли ылла уолаттарга Сивцев Слава, 2 урдэлгэ кыайда Евсеев Арсений, 3 урдэли ылла Игнатьев Айхал. Уолаттар мэтээл, сэмэй бэлэхтэри туттулар.
      4) Сууруу кыргыттарга 1 урдэли ылла Охлопкова Нарианна, 2 урдэлгэ та5ыста Матвеева Тускулаана, 3 урдэлгэ Устинова Дайаана ыллылар. Бары сэмэй бэлэхтээх, мэтээллээх уерэн-кетен тар5астылар.
      Субу курдук сыл аайы о5о туьулгэтигэр кехтеехтук кыттын диэн бука барыгытын ынырабыт. Сэмэй бэлэхтэри кырачаан кэнчээри ыччаттарбытыгар бэлэх уунна, спонсордаата «Хатын-Арыы нэьилиэк» дьаьалтата.

    Комментарий читателей статьи "Хатын-Арыы нэьилиэк «Урун Тунах Ыьыа5а»."

    • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

    Добавить комментарий

    Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *