Филиал муниципального бюджетного учреждения
Центр народного творчества «Чороон»
муниципального образования «Хатын-Арынский наслег»
Намского улуса Республики Саха(Якутия)

    Меню

    “Битва поваров” күрэх ыытылынна

    Алтынньы 25 күнүгэр 2024 с. Граф Биэрэгин “Самородок” культура дьиэтэ тэрилтэлэринэн 2-с төгүлүн “Битва поваров” күрэх ыытылынна. Манна 3 тэрилтэттэн биьиги күн-күбэй ийэлэрбит кытыннылар. Биэчэрбит са5аланна быыстапкаттан, «Хозяюшка» тумсуу сылга хаста да о5олору кытта быыстапка тэрийэн ыытар. Салайааччы Елизавета Иннокентьевна Захарова бу сырыыга араас дьиэ5э туттуллар бумажнай лазаннан корзиналары, холбуйалары, куоба5ы, тапочкалары, ол холбуйалар истэригэр дьэдьэннэри, тэллэйдэри, дьаабылакалары, тыквалары онорон укпуттар. Керерге олус учугэй, кыраьыабай. Сана библиотекарь Тамара Николаевна Аргунова Ийэлэргэ, повардарга аналлаах кинигэ быыстапкатын туруорда.
    Курэхпит ус туьумэхтээх буолла.
    Намнаа5ы техникумтан Ньургустаана Ионовна Чупрова, Затоннаа5ы оскуолаттан Екатерина Владимировна Фролова, “Ромашка” о5о уһуйааныттан Екатерина Александровна Аксенова кыттыыны ыллылар. Ийэлэр бэлэмнэнэн кэлбиттэр, олус эппиэтинэстээхтик кытыннылар. Биьиги махтанабыт тэрилтэлэрбит профсоюзтарын председателлэригэр: Намнаа5ы техникум — Евдокия Афинадоровна Евсеева5а, Затоннаа5ы оскуола-Наталья Рашитовна Шадрина5а, «Ромашка» о5о уьуйаана-Анастасия Николаевна Григорьева5а.
    Ылба5ай куоластарынан э5эрдэлэрин тириэртилэр: «Жаворонок» о5о ансаамбыла, Намнаа5ы техникум кыргыттара Айна уонна Ксюша, «Ивушка» ансаамбыл, дуэт Анжела Федорова, Саргылана Эверстова, ункууннэн киэргэттилэр: о5о искусствотын оскуолата-«Хатынчаана» ункуу ансаамбыла, Намнаа5ы техникум уолаттара «Чохчоохой»- салайааччы Анжелика Ноговицына.
    Керееччулэр биэчэри сөбулээн, үөрэн-көтөн тар5астылар. Бу курдук бары тумсуулээх, дьону уердэ, кэрэ эйгэ5э угуйа, кынаттыы, сырдата сылдьарбытыттан олуһун уерэбит, сөбүлүүбүт 👍👏🙏🎉❤️😘😘😘

    Комментарий читателей статьи "“Битва поваров” күрэх ыытылынна"

    • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

    Добавить комментарий

    Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *