Филиал муниципального бюджетного учреждения
Центр народного творчества «Чороон»
муниципального образования «Хатын-Арынский наслег»
Намского улуса Республики Саха(Якутия)

    Меню

    Нам улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадатын үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһин буолан ааста

    Сэтинньи 22 күнүгэр күнүс 11ч. Нам улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадатын үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһин буолан ааста. Хас биирдии киһи санаатын күүһүнэн, олоххо дьулуурунан барыны бары кыайар-ситиһэр кыахтаах, аныгы олох тэтимигэр эрэллээхтик үрдүктэн үрдүккэ дабайар санаалаах, үтүө дьоммутун үрдүк сыана5а чиэстээтибит.
    Граф Биэрэгин талааннаах кэрэ аңардара Аан дойдутаа5ы, Өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх гран-при хаһаайыттара, лауреаттара “Ивушка” вокальнай ансамбль ырыаһыттара э5эрдэлээтилэр. Э5эрдэ тылы биэрдилэр “Нам улууһун” МТ социальнай боппуруостарга солб. Протопопов Е.А., “Хатың-Арыы нэһилиэк” МТ депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Жирков Е.Г., Нам улууһун инвалидтарын салайааччыта Литвинова М.Д. э5эрдэлээтилэр. Дуэт Анна, Петр Охлопковтар ыллаатылар. Ону таһынан “Кэрэ эйгэ” (Ищем таланты)күрэх буолан ааста. Дьүүллүүр сүбэ5э үлэлээтилэр: библиотекарь Аргунова Т.Н., “Хозяюшка” куруһуок салайааччыта Захарова Е.И. Олус талааннаах 8 киһи кыттыыны ыллылар. Биэчэр олус сэргэхтик, бэһиэлэйдик буолан ааста. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон “Куех уот” тула олорон аһаатылар, “Кэрэ эйгэ5э” кыттыбыттарга сэмэй бэлэхтэри туттардылар, сэгэхсийдилэр, тэрийээччилэргэ махтанан үөрэн-көтөн тар5астылар.

    Комментарий читателей статьи "Нам улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадатын үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһин буолан ааста"

    • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

    Добавить комментарий

    Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *