Нам улууьун Граф Биэрэгин беьуелэгэр Сана технология ситиминэн ууннан хааччыйар водопровод аьыллыыта.
- 12/12/2016
- 57
- нет
Сылтан сыл, кунтэн кун биьиги олохпут сайдартан сайдан иьэр, ол курдук сана технология ситиминэн ууннан хааччыйар водопровод Граф Биэрэгэр тардан улэтин са5алаабыта.
Алтынньы ый 15 кунугэр сана технология ситиминэн ууннан хааччыйар водопровод аьыллыытын уеруулээх бырааьынньыга буолбута. Кэлэр 2017 сылга Граф Биэрэгэр сана водопровод хас дьиэ аайы киирэн улэтин са5алыа, олохтоохторбутун уердуе-кетутуе.
Уу – тереебут айыл5абыт киьи аймахха биэрбит бэлэхтэриттэн биир саамай кундулэрэ. Тыынар тыыннаах, хамныыр харамай барыта уескуурун, уедуйэрин у5араабат терутэ. Кинини туох да солбуйбат, солбуйара да суох.
Биьиги Ийэ дойдубут уутун саппааьынан, баайынан аан дойдуга бастакы миэстэни ылар. Оттон Саха сирэ аата-ахсаана биллибэт ерустэринэн, куеллэринэн Россия5а киэнник аатырар, биллэр.
Биьиги кэммитигэр уу хайдахтаах курдук дэлэйий. Хас айанын аайы куел, урэх, ерус, муора, акыйаан… Уу киьи оло5ор, улэтигэр, хамнаьыгар бутуннуутугэр айыл5а хайа да баайынаа5ар киэнник туьаныллар. Уубут иьиллэр улэ5э, олоххо-дьаьахха туттуллар. Байылыат олох, быйан кини кеметунэн айыллар.
Комментарий читателей статьи "Нам улууьун Граф Биэрэгин беьуелэгэр Сана технология ситиминэн ууннан хааччыйар водопровод аьыллыыта."