Филиал муниципального бюджетного учреждения
Центр народного творчества «Чороон»
муниципального образования «Хатын-Арынский наслег»
Намского улуса Республики Саха(Якутия)

    Меню

    Норуоппут баайа буолар ОЛОҢХО!

    Өбугэ са5аттан, өйтөн-сүрэхтэн сүтэрбэккэ, үйэттэн-үйэ5э, уостан-уоска, киһиттэн киһиэхэ, төрүппүт чыпчаала, норуоппут баайа буолар ОЛОҢХО! Саха олоңхото аартык аайы аата ааттанар, то5ой аайы сура5а иһиллэр. Бу күн сэтинньи 25 күнүгэр күнүс 15ч. Олоңхо декадатын үөрүүлээхтик арыйдыбыт. Олоңхо ис хоһоонун, төрүтүн кылгастык кэпсээтэ библиотекарбыт Тамара Аргунова, хомо5ой хоһоону 6 саастаах Саргын Семенов аахта. Биһиэхэ ыалдьыттыы кэллэ 2019 сыллаах Нам улууһугар ыытыллыбыт Олоңхо ыһыа5ын кыттыылаа5а, Өреспүүбүлүкэ5э, улууска, Олоңхо ыһыа5ын кыайыылаа5а Эвилья Шадрина олоңхолоон дьону уертэ, көрөөччүлэри биһирэттэ. Ону таһынан Эвилья саха төрүт Оһуохайын оһуохайдаата. Эр дьонтон Бүөтур Охлопков оһуохайы тарта. Олоңхо декадата арылынна, үөрүү-көтүү буолла.

    Комментарий читателей статьи "Норуоппут баайа буолар ОЛОҢХО!"

    • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

    Добавить комментарий

    Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *